Олонхо дойдутунан айан

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоhоонноох айымньыта буолар.

Олоҥхоҕо сырдык –хараҥа күүрсүүтэ, киhи модун санаатын, күүhүн – уоҕун, кыаҕын «айыы аймаҕын» араҥаччылыыр үрдүк аналын хоhуйуу көстөр.

2006 сылаахха Саха республикатын президенин В.А.Штыров уурааҕынан сэтинньи ый 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ.

2005 сыллахха ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду культуратын шедеврын быhыытынан үйэтитэри, харыстыыры, киэҥ эйгэҕэ таhаарары ирдиир, уонна аан дойду культуратын шедевринэн билиммитэ.

Олоҥхо декадатыгар аналлаах Нам улууhун Түбэ нэhилиэгин модельнай библиотеката бэлэмнээбит "Олонхо дойдутунан айан" онлайн-викторинаҕа кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Быраабылата

Биир сөптөөх эппиэти тал. Түмүккэ викторинаҕа кыттыбытын туhунан туоhу суругу хачайдаан ыл.

Количество вопросов в тесте: 10
 
Powered by Online Test Pad