"Күн күбэй ийэлэрбит, амарах аҕаларбыт"
Алтынньы 16 күнүгэр Арассыыйаҕа Аҕа күнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу үөрүүлээх күнүнэн өрөспүүбүлүкэбит күн-күбэй ийэлэрин, эйэҕэс эбээлэрин, амарах аҕаларын, элэккэй эһээлэрин ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, дьолу-саргыны, сир үрдүгэр баар бары кэрэни-үтүөнү. Хас биирдии киһи олоҕор Ийэлээх Аҕа сүдү суолталаахтар, оҕо күн сирин көрөөт аан бастаан ийэтин-аҕатын көрөр, кинилэр сылаас илиилэригэр, истиҥ тапталларыгар угуттанан улаатар. Ийэлээх аҕабыт биһиэхэ саамай күндү, чугас, ханнык да түгэҥҥэ өрүү өйдүүр-өйүүр дьоннорбут буолаллар.
Ийэ, Аҕа күннэригэр аналлаах "Күн күбэй ийэлэрбит, амарах аҕаларбыт" куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар викторинаҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Викторинаҕа кыттыыга сүбэ
Викторина тэттик 11 ыйытыктан турар. Хас биирдии ыйытыыга биир сөптөөх эппиэти тал. Түмүккэ ааккын-суолгун толору суруйаргын умнума (сыһыарыы түһүккэ суруй, холобур: Иванов Иван Ивановичка) уонна галочканы баттаа. Викторинаҕа кыттыбыккын туоһулуур анал сертификаты хачайдаан ыл.
Количество вопросов в тесте:
11