Учуутал сүмэлээх сүбэтэ-амата
Күннэтэ арыаллыыр, кынаттыыр,
Кэрэ мөссүөнэ, кэрэ мичээрэ
Олох устун айанныырга тирэхтиир.
Учуутал күнэ - үөрэхтээһин эйгэтигэр үлэлиир дьон идэлээх бырааһынньыктара. Сылын ахсын алтынньы 5 күнүгэр 100-тэн тахса судаарыстыба Учуутал күнүн бэлиэтиир.
Хас биирдии киһи бу күн өрүү сылаастык махтанан туран, аан бастакы кыайыыларга сирдээбит, элбэх билиини биэрбит, олох муудараһын ыларга көмөлөспүт күндү учууталларын саныыр. Учуутал хас биирдии түбүктээх үлэтин күнэ үгүс көлүөнэ ыччат дьылҕатын быһаарар суолталаах. Учуутал киһи бэйэтин талаанынан, уопутунан үөрэнээччилэрин, иитээччилэрин сүрэхтэрин сырдык уотунан саҕар. Үөрэнээччи ситиһиитэ учуутал сатабылыттан, сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Махтанабыт учуутал үтүө санаатыгар, талан ылбыт бэриниилээх идэтигэр.
Ытыктабыллаах учууталлар, иитээччилэр, үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ! Эһигини барыгытын бэлиэ бырааһынньыгынан - Учуутал күнүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит. Эһиэхэ түбүктээх үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, дьолу-саргыны баҕарабыт. Үтүө үлэҕит түмүгэ - оҕо-аймах махталлаах мичээрэ олоххут устун арыаллыы сырыттын!
Учуутал күнүгэр аналлаах куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар викторинаҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.